Атырдьах ыйын 1 күнүттэн Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысхатынан паром сырыытыгар айан төлөбүрүн терминал нөҥүө төлүүргэ электроннай тиһиги холбуохтара, суруйда Саха сирэ саайт.
Бу туһунан Саха сирин Тырааныспарга министиэристибэтигэр иһитиннэрдилэр. Төлөбүр терминалларын өрүс икки кытылыгар причалларга туруордулар. Ону сэргэ «Паромы Якутии» мобильнай сыһыарыыга бары паромнар үлэлэрин туһунан иһитиннэриини, паром араспысаанньатын уонна тарыыптарын кытта билсиэххэ сөп.
This post was published on 31.07.2024 12:32 12:32