"Дьокуускай – Аллараа Бэстээх" хайысханан өрүһүнэн айан суола аһылынна

«Дьокуускай – Аллараа Бэстээх» хайысханан өрүһүнэн айан суола болдьоҕун иннинэ бүгүн, ахсынньы 30 күнүгэр аһылынна.


Муус халыҥыттан көрөн 5 туонна уйуктаах массыыналарга сырыы көҥүллэннэ.

«Бүлүү суоллара» Управление суоппардарга туһаайан көҥүллээх ыйааһыны куоһаран айаннаабаттарыгар көрдөһөр.

12 км уһуннаах Өлүөнэ өрүһүнэн айан суолугар суол бэлиэлэрэ, суол үлэһиттэрин суукканы эргиччи үлэлиир дьуһуурунай бөлөхтөрө турдулар.

This post was published on 30.12.2020 16:44 16:44