Дьокуускай - Аллараа Бэстээх хайысханан поезд пассажирдарыгар трансферт ахсынньы 11 күнүгэр арыллар

Хаартыска: ЯСИА

Хатас — Павловскай хайысханан муус суол ахсынньы 11 күнүгэр арылларынан, поезд пассажирдарыгар трансферт үлэтин саҕалыаҕа.

Аллараа Бэстээх тимир суолун вокзалыгар дьону оптуобустар тириэрдиэхтэрэ. Ол туһунан «Саха сирин тимир суоллара» хампаанньа пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

Дьокуускай автовокзалыттан айаннааһын — 14:30 чаас.

Билиэт сыаната 1000 солк.

Билсэр төлөпүөн: (4112) 31-80-81, эбии нүөмэр 7381.

This post was published on 08.12.2023 10:31 10:31