Жатай-Төхтүүр хайысханан муус тоҥмокко турар буолан, Дьокуускайтан Аллараа Бэстээххэ диэри паром сырыытын үлэтэ сэтинньи 2 күнүгэр диэри уһаттылар. Бу туһунан СИА-ҕа «Паром Якутии» дириэктэрэ Николай Ефимов иһитиннэрдэ.
«Паром үлэтин Төхтүүргэ диэри суол өссө да тоҥо илик буолан уһаттылар. Ону тэҥэ, Дьокуускайга кэлиэхтээх норуодунай хаһаайыстыбаннай таһаҕастар уонна таһаҕас массыыналара бааллар. Билигин алта паром үлэлии сылдьар, сорохтор кыстыкка бардылар. Сэрэдээҕэ диэри түөрт паром хаалыаҕа. Паромнар туоллахтарына айанныыллар», — диэтэ Николай Ефимов.
Дьокуускай-Аллараа Бэстээх хайысханан паром сырыыта тохтообутун кэннэ Жатай-Төхтүүр маршрутунан Өлүөнэ өрүһү туоруур паром сырыыта ыарахан баржанан салҕаныаҕа, баржаны ледокол арыаллыаҕа.
This post was published on 31.10.2022 17:05 17:05