Саха сиригэр уунан сырыы түмүктэнэн эрэр. Быһа холоон, алтынньы 18 күнүгэр паромнар сырыылара тохтуоҕа диэн регион Тырааныспарга министиэристибэтэ иһитиннэрдэ диэн, СИА кэпсиир.
Уунан сырыы алтынньы 12 күнүттэн Алдан өрүскэ, алтынньы 16 күнүттэн — Алдан өрүс тардыытыттан Дьокуускайга диэри Өлүөнэ өрүскэ уонна Дьокуускай — Сиинэ учаастакка.
Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысханан паром сырыытын алтынньы 18 күнүгэр сабарга былаанныыллар. Министиэристибэҕэ бэлиэтээбиттэринэн, болдьохтор күн-дьыл туругуттан уларыйыахтарын сөп..
Жатай-Төхтүүр маршрутунан Өлүөнэ өрүһү туоруур паром сырыыта ыарахан баржанан салҕаныаҕа, баржаны ледокол арыаллыаҕа.
This post was published on 14.10.2022 09:03 09:03