«Дьокуускай- Аллараа Бэстээх» хайысханан паром сырыыта тохтоото

Өрөспүүбүлүкэҕэ алтынньы 22 күнүттэн «Дьокуускай- Аллараа Бэстээх» хайысханан паром сырыыта тохтоото.


Алтынньы 23 күнүттэн ыла «ЛОРП» ААО мууһу алдьатардаах парома «Жатай — Төхтүр» хайысханан сылдьар. Тырааныспар министиэристибэтэ СИА-ҕа иһитиннэрбитинэн, билигин паром тиксэр сирин оҥороллор.

Дьону-сэргэни куорат 202-с микрооройуонуттан халлаан сырдыгар сарсыарда 08.00 чаастан киэһэ 17.00 чааска диэри сылгын сыттыктаах суднолар таһаллар.

This post was published on 24.10.2016 11:45 11:45