Сылаас күн-дьыл туран, Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысханан паром сырыытын сэтинньи саҥатыгар диэри уһаата, диэн СИА-ҕа «Паромы Якутии» салайааччыта Николай Ефимов иһитиннэрдэ.
Билигин линияҕа 10 паром үлэлиир. Барыта 11 этэ эрээри, биир кыстыкка тохтоото диэн, тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ чуолкайдаата.
«Алтынньы 30 күнүгэр паром штатнай режиминэн үлэлиир. Күн-дьыл усулуобуйата паром сылдьарын хааччахтаабат, ол эрээри эмискэ тымныйар түгэнигэр быһыы-майгы хаһан баҕарар уларыйыан сөп. Сэтинньи саҥатыгар диэри үлэлиэхпитин баҕарабыт, былырыын таһаҕаһы таһыыны сэтинньи 3 күнүгэр бүтэрдибит, сарсыныгар паромнар бары тохтообуттара», — диэтэ Николай Ефимов.
This post was published on 30.10.2023 12:12 12:12