Ыам ыйын 24 күнүгэр Дьокуускай — Аллараа Бэстээх, Аллараа Бэстээх — Дьокуускай хайысханан паром сырыыта саҕаланна. Сарсыарда айаҥҥа биэс паром турда.
Навигация кэмигэр 14 паром сылдьыаҕа. Ол туһунан «Паромы Якутии» тэрилтэ дириэктэрэ Николай Ефимов ЯСИА-ҕа эттэ.
«Сарсыардаттан биэс паром үлэҕэ таҕыста, киэһэ сэттэ буолуоҕа. Уочаратынан сылдьаллар, расписание суох. Интервал 30 мүнүүтэ. Бары паромнар линияҕа таҕыстахтарына расписание быһаарыллыаҕа. Үлэ сарсыарда 05:30 чаастан саҕаланар, түүн ортотугар диэри. Навигацияҕа барыта 14 паром үлэлиэҕэ», — диэтэ Николай Ефимов.
«Госкомцен» тарыып сыанатын бигэргэттэ: 1,5 туоннаҕа диэри – 950 солк (650 солк этэ); 1,501 — 2,0 туонна – 1150 солк (950 солк); 2,001 уонна 2,3 туоннаҕа диэри – 1350 солк (1100 солк); 2,301 туоннаттан үөһэ – 1600 солк (1400 солк).
This post was published on 24.05.2024 15:03 15:03