Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысханан паром сыаната алтынньы 16 күнүттэн үрдүөҕэ. Тариф үрдээһинэ навигация сабыллыытын уонна өрүскэ быһыы-майгы уустугурарын кытары сибээстээх, УК «паром Якутии» дириэктэрэ Николай Ефимов иһитиннэрдэ. Бүгүҥҥү күҥҥэ өрүскэ быһыы-майгы холку, бары суудуналар үлэлииллэр.
«Өрөбүллэргэ хаар түспүтүгэр причаллары бөҕөргөттүбүт. Билигин паромнар бары арыспысанньанан үлэлииллэр. Алтынньы 16 күнүгэр, навигация сабылыннаҕына сыан үрдүөҕэ. Саха сирин Госкомценын бирикээһинэн 2016 сылга олохтоммут күһүҥҥү тариф быһыытынан сыана уларыйыаҕа. Навигация сабыллыбытын кэннэ тоҕус паром үлэлии хаалыаҕа, салгыы хас биирдии суудуна суоппартан тутулуктаах. Быһыы-майгы олох уустук буоллаҕына, сырыыны түмүктүөхпүт», — диэн СИА-ҕа Николай Ефимов кэпсээтэ.
This post was published on 09.10.2023 12:30 12:30