Дьокуускай - Аллараа Бэстээх хайысханан паром айаныгар тарыып алтынньы 18 күнүттэн үрдүөн сөп

Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысханан паром сырыытыгар тарыып үрдүөн сөп. Бу метеорологическай усулуобуйанан, диэн иһитиннэрдэ өрөспүүбүлүкэтээҕи Сыана кэмитиэтэ.


Метеорологическай усулуобуйа навигация сабыллаатын кытта саҕаланар. Быйыл «Росморречфлот» тэрилтэ быһаарыытынан, Өлүөнэ эбэҕэ уу суолунан айан алтынньы 18 күнүттэн сабыллар.

Тарыып үрдээһинэ тиэйээччи-таһааччы ороскуота улаатарын кытта сибээстээх. Сезон ыккардыгар паром айаныгар эбии буксир көмөҕө кэлэр, көлө тутуута-харайыыта паромнааҕар өссө ороскуоттаах.

Маны сэргэ причалы бэлэмнээһиҥҥэ тырааныспар өҥөтө эмиэ киирсэр.

This post was published on 16.10.2020 16:01 16:01