Дьокуускай - Аллараа Бэстээх хайысханан муус суол сабылынна

Хаартыска: ЯСИА саайта

Суол тэрилтэтэ Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысханан муус суолу сапта. Кангалас — Суотту эмиэ сабылынна. Ол туһунан суол министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.

Кытылларга бобор бэлиэлэр турдулар. Көҥүлэ суох муус суолга тахсыы иһин — ыстыраап.

Хатас — Павловскай хайысханан муус устар 17 күнүгэр диэри 30 туоннаттан кыра уйуктаах тырааныспардарга суол аһаҕас.

This post was published on 16.04.2024 09:33 09:33