Дьокуускай-Аллараа Бэстээх хайысханан "Ирбис" сыаната үрдээтэ

Фото: Николай Борисов/ЯСИА

Дьокуускайтан Аллараа Бэстээххэ диэри сылдьар «Ирбис»  сыаната ыам ыйын 18 күнүттэн 3 тыһыынча солкуобай буолла. Сыана үрдээһинэ билигин өрүскэ муус хамсыы турар буолан дьоҕус суудунаҕа уустук быһыы- майгы үөскээбитин кытары сибээстээх диэн, СИА-ҕа ООО «ЛенаВодСервис» дириэктэрэ Борис Строев иһитиннэрдэ.

«Өрүскэ муус саамай актыыбынайдык хамсыыр фазата буола турар, онон суудунаны аҥарын эрэ толорорго быһаарынныбыт.  Пассажирдары салгын суудунатыгар уонна «Тайфун» аэроботтарга таһаллар», — диэтэ Борис Строев.

Санатан эттэххэ, Өлүөнэ өрүскэ гидрологическай быһыы-майгы уустугурбутунан сибээстээн «Полярные авиалинии» авиахампаанньа бүгүҥҥү күнтэн Аллараа Бэстээххэ Ми-8 бөртөлүөтүнэн дьону тиэйэн саҕалыаҕа. Тариф 4 тыһыынча солкуобай.

This post was published on 18.05.2023 14:01 14:01