Дьокуускай - Аллараа Бэстээх хайысханан айан 20 туоннаҕа диэри көҥүллэннэ

«Бүлүү» суол управлениета иһитиннэрбитинэн, тохсунньу 18 күнүттэн Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысханан кыһыҥҥы муус суолга 20 туонна көҥүллэннэ. 


«Халыма» Р-504 федеральнайдааҕы трасса Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысханан муус суол учаастага 20 туоннаҕа көҥүллэннэ.

«Умнас» суолга Өлүөхүмэ — Солянка хайысханан айаҥҥа 5 туонаҕа диэри көҥүллэннэ. Маны сэргэ Тиит-Арыыттан Солянкаҕа диэри суол учаастага арылынна. Хааччаҕа эмиэ биэс туонна.
«Бүлүү» суол управлениета суолга сэрэхтээх буолар туһуттан айанньыттары хааччахтааһыны бука тутуһалларыгар ыҥырар.

Муус кыһыҥҥы суол олус сэрэхтээҕин өссө биирдэ санатар. 

This post was published on 18.01.2021 16:01 16:01