Саха сиригэр тохсунньу 20 күнүттэн Өлүөнэ эбэни туоруур муус суолга Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысханан техника уйугун 30 туоннаҕа диэри көҥүллээтилэр. Ол туһунан «Бүлүү» суол управлениетын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Айан суолугар куттал суох буолуутун хааччыйар сыалтан уйук нуорматын кэспэккитигэр, суол быраабылатын тутуһаргытыгар ыҥыраллар.
Санаттахха, Булуҥ оройуонугар «Булуҥ» кыһыҥҥы суол арылынна.
This post was published on 21.01.2025 11:01 11:01