Дьокуускай – Аллараа Бэстээх хайысханан 13 паром айанныыр

Дьокуускай – Аллараа Бэстээх хайысханан 13 паром айанныыр, причал ахсаана эбилиннэ. 

Сорох причаллар өссө да ууга сыталларынан, автотранспорт быстах схеманан киирэр.

Дьокуускай өттүттэн 6 причал үлэлиир (баар 7), Аллараа Бэстээх өттүттэн 5 причал (7).

Таһаҕас тиэйиитигэр 6 тиэрдээччи үлэлиир, уопсайа 11,2 тыһ туонна. Икки паром (2 тыһ туонна) саппааска тураллар, причаллар ууттан босхолоннохторуна маршрукка тахсыахтара.

2022 сыл навигациятыгар барыта 15 паром үлэлиирэ былааннанар.

This post was published on 15.06.2022 15:07 15:07