Бүгүҥҥү туругунан Өлүөнэ өрүскэ Дьокуускай – Аллараа Бэстээх хайысханан 12 паром тимир көлөлөрү таһар.
Халлаан тымныйа илик буолан, кыдьымах киирэ илик. Онон «Паромы Якутии” генеральнай дириэктэрэ Николай Ефимов иһитиннэрбитинэн, бэҕэһээ Өлүөнэ тардыытынааҕы управление паром сырыыта ити хайысхаҕа алтынньы 25 күнүгэр диэри уһуурун туһунан эттэ. Билигин официальнай иһитиннэриини күүтэллэр.
This post was published on 15.10.2021 19:02 19:02