Ыам ыйын 21 күнүттэн Дьокуускай — Аллара Бэстээх хайысханан сыттык олбохтоох суудунанан айан иһин төлөбүр сыаната 2000 солк буолла. Ол туһунан ЯСИА-ҕа «ЛенаВодСервис» хампаанньа салайааччыта Борис Строев иһитиннэрдэ.
«Дьокуускай оройуонугар өрүскэ балаһыанньа тубуста, муус наҕыллык устар, подушкалар хааччаҕа суох сылдьыахтарын сөп буолла. Хараабыллар айанныы иликтэр, үөһэ кыра харыы баар дииллэр. Үгэс быһыытынан кинилэр муус кэнниттэн бараллар», — диэтэ Борис Строев.
Суудуналар «Намыв» ыстаансыйаттан 204 микрооройуонтан араҕаллар, үлэ эрэһиимэ 7:00 — 20:00 чаас.
Эрдэ эбэҕэ муус хойуутук барыытынан балаһыанньа уустугура сылдьыбыта, ол кэмҥэ айан иһин төлөбүр 3000 солк тэҥэ.