Дьокуускай - Аллара Бэстээх хайысханан муус суолунан айанныыр техника уйугун эбиэхтэрэ

Хаартыска: ЯСИА саайта

Дьокуускай — Аллара Бэстээх хайысханан Өлүөнэ эбэни туоруур муус суолунан айанныыр техника уйугун эбиэхтэрэ. Дьаһал тохсунньу 15 күнүттэн олоххо киирэр.

ЯСИА-ҕа «Вилюй» суол управлениетын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

«Билигин 4 туоннаҕа диэри уйуктаах массыыналарга көҥүл бэриллэн турар», — диэн суруллар иһитиннэриигэ.

This post was published on 12.01.2024 10:33 10:33