Дьокуускай аэропордуттан көтөн тахсар сөмөлүөт шасситын көлөһөтө алдьанна

Хаартыска: ЯСИА саайта

«Якутия» авиахампаанньа сөмөлүөтэ аэропортан көтөн тахсарыгар шасситын биир көлөһөтө  алдьанна. Саха сирин тырааныспарга борокуратуура бэрэбиэркэ ыытар.

Борокуратуура иһитиннэрбитинэн, барыллаан дааннайынан, «Якутия» авиахампаанньа Boeing 737-800 көтөр аала Дьокуускай — Москва хайысханан тохсунньу 15 күнүгэр көтөрүгэр уҥа шасситын уҥа иһинээҕи көлөһөтүн эрэһиинэтин протектора алдьанна.

Салгын суудуната тиийиэхтээх аэропордугар этэҥҥэ олордо.

This post was published on 17.01.2024 14:01 14:01