«Якутия» авиахампаанньа сөмөлүөтэ аэропортан көтөн тахсарыгар шасситын биир көлөһөтө алдьанна. Саха сирин тырааныспарга борокуратуура бэрэбиэркэ ыытар.
Борокуратуура иһитиннэрбитинэн, барыллаан дааннайынан, «Якутия» авиахампаанньа Boeing 737-800 көтөр аала Дьокуускай — Москва хайысханан тохсунньу 15 күнүгэр көтөрүгэр уҥа шасситын уҥа иһинээҕи көлөһөтүн эрэһиинэтин протектора алдьанна.
Салгын суудуната тиийиэхтээх аэропордугар этэҥҥэ олордо.
This post was published on 17.01.2024 14:01 14:01