Дьокуускай аэропордун көтөр-түһэр балаһатын бэлэмэ 62% буолла. 1628 миэтэрэ уһуннаах учаастагы саҥардааһын уонна сырдатар оборудованиены туруоруу салҕанан бара турар, диэн «Ространсмодернизация» пресс- сулууспатыгар иһитиннэрдилэр.
Аэропорт үлэтэ түмүктэммитин кэннэ сылы эргиччи уонна түүннэри-күнүстэри улахан сөмөлүөттэри көтүтэр-түһэрэр кыахтаныаҕа диэн бэлиэтииллэр.
Ол курдук, бэс ыйыгар 175 миэтэрэ уһуннаах балаһа учаастагын үлэҕэ киллэрбиттэрэ, ол кэнниттэн балһа уһуна 1650 миэтэрэттэн 1800 миэтэрэҕэ диэри улаатта.
This post was published on 25.08.2023 10:12 10:12