450 туоннаҕа диэри ыйааһыннаах көтөр аалларын буксировкалыырга анаммыт 43 туонна ыйааһыннаах «водильнай тягач» Дьокуускай аэропуордугар кэллэ, СИА тырааныспар министиэристибэтигэр сигэнэн суруйар.
Саҥа тырааныспар икки кабиналаах, буксировкалыыр тэриллээх. Массыынаны таһырдьа -60 — +40 кыраадыска диэри туттуохха сөп.
Дьокуускай пуордун техниканан саҥардыы, Тырааныспар министиэристибэтэ этэринэн, пассажирдар айаннарын хаачыстыбатын тупсарар сыаллаах оҥоһуллар. Кэнники сылларга тэрилтэ 10 анал техника ылла. Дьаһаллар 2032 сылга диэри стратегияларын докумуонугар олоҕурар.
This post was published on 15.09.2022 14:20 14:20