Бу күннэргэ Дьокуускай куоракка Платон Ойуунускай аатынан норуоттар икки ардыларынааҕы аэропорка «Күнтэн күҥҥэ үрдүү-үүнэ туруохха» диэн ааттаах Таатта эдэр худуоһунньуктарын уонна кинилэр учууталларын уруһуйдарын быыстапката туруорулунна.
Быыстапка саха уһулуччулаах государственнай-политическай деятелэ, учуонайа, суруйааччыта П.А.Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар ананна.
Сүрүн сыалынан-соругунан айанньыттарга аэропорт аатын сүгэр киһи олоҕун туһунан билиһиннэрии,төрөөбүт сирэ, норуота сайдыытыгар киллэрбит кылаатын көрдөрүү буолар.
Кини 29 саастааҕар «100 сыллаах улуу былаан» кэпсээнин суруйан оччотооҕу дьоҥҥо оҥоһуллан эрэр олох олоҥхотун кэпсээн сөхтөрбүтэ. Бу сүүс сыл иһигэр олоҥхо-кэпсээн олохпутугар дьиҥ киирбитин, маны тэҥэ чулуу киһибитин кытта ситимнээх күнү көрбүт алааһа, тардыы талах үүнэр үрэҕэ, айылҕата, кини айымньыларынан дьүһүйүүлэр болотунаҕа тиһиллэн ойууламмыттарын көрөбүт. Онон Туймаада күөнүгэр үктэммит ыалдьыттар Таатта талааннаах, айар-тутар дьонун үлэлэрин кытары тута билсэр кыахтаннылар.
Салгыы маннык ис хоһоонноох быыстапка Дьокуускай куорат 1 N-дээх бырабыыталыстыбатын дьиэтигэр туруорулунна, манна сэтинньи 11 күнүгэр » Саха омук салбырҕастаах санаатын Саталаах сататын саҥарыаҕыҥ…» диэн ааттаах төгүрүк остуол ыытыллыаҕа.
Светлана Халгаева
This post was published on 10.11.2023 10:03 10:03