Россия президенэ биллэрбитинэн, кулун тутар 28 күнүттэн муус устар 5 күнүгэр диэри «үлэлээбэт нэдиэлэ» олохтонор. Бу кэмҥэ Дьокуускай аэропорда штатнай эрэһиим быһыытынан үлэлиэҕэ. Россия куораттарыттан кэлбит пассажирдар доруобуйаларын туругун бэрэбиэркэлээһин салҕанар, диэн суруйар СИА.
«Бэрэбиэркэ тепловизор көмөтүнэн оҥоһуллар. Тэрил элбэх киһи тоҕуоруспут сиригэр үрдүк температуралаах киһини ыраахтан билэр. Ордук болҕомто иностранецтарга ууруллар уонна тас дойдуларга сылдьыбыт пассажирдарга. Бары анкета толороллор, 14 хонукка «самоизоляцияланалларын» туһунан сурук ылаллар. Аэропорт дьиэтигэр сууйуу-сотуу, хомуйуу муҥутуурдук ирдэнэр. Хас биирдии рейс кэлбитин-барбытын кэннэ тута дезинфекциялааһын күүскэ ыытыллар», — диэн «Дьокуускай» аэропортка эттилэр.
Кулун тутар 27 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев эппитинэн, бүтэһик уон күҥҥэ Саха сиригэр 2300 пассажир аэропорт өҥөтүнэн туһаммыт.
This post was published on 27.03.2020 15:21 15:21