Дьокуускай аэропордун көтөр балаһата аһылынна. Аэродром итиэннэ 625 миэтэрэ уһуннаах өрөмүөннэммит көтөр балаһа сертификацияны аастылар. Бу туһунан СИАҕа тырааныспар министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Атырдьах ыйын 17 күнүн түүн 2:00 чаастан 3250 м уһуннаах көтөр балаһа үлэтин саҕалаата. Балаһа уота-күөһэ ИКАО бастакы категориятыгар сөп түбэһэр.
Сертификацияны Росавиация, Ростехнадзор дойду бэрэсидьиэнэ В.Путин дьаһалынан кылгас кэм иһигэр ыыттылар. Бүгүҥҥү күнтэн Дьокуускай аэропорда сөмөлүөт бары көрүҥнэрин көрсөр кыахтаах, ол иһигэр улахан уйуктаах, ойуур баһаардарыгар үлэлиир БЕ-200, Ил-76 сөмөлүөттэри.
Сотору кэминэн Саха сиригэр көтөр авиахампаанньалар араспысаанньаларын аттарыахтара, тардыллыбыт рейстэрин көтүтүөхтэрэ.
Сөмөлүөттэр сырыыларын аэропорт сайтыттан билиэххэ https://yks.aero/, босхо справочнай төлөпүөн нүөмэрэ: 8 (4112) 31-88-44.
This post was published on 17.08.2021 11:04 11:04