«Дьокуускай» аэропорт олунньу 21 күнүттэн аан дойдутааҕы рейстэри ылынарга бэлэм. Итинник быһаарыыны РФ вице-премьерэ Татьяна Голикова салалтатынан федеральнай штаб мунньаҕар ылыннылар. Бу туһунан аэропорт пресс-сулууспата иһитиннэрдэ, диэн СИА кэпсиир.
Өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев федеральнайдааҕы суһал штаб салайааччытыгар Татьяна Голиковаҕа «Дьокуускай» аэропордугар аан дойдутааҕы рейстэри сөргүтүү туһунан сурук ыытта.
«Федеральнайдааҕы суһал штаб урут киллэриллибит хааччахтары сыыйа туоратар туһунан быһаарыыны ылынна. Ол курдук, олунньу 21 күнүттэн 2022 сылга «Дьокуускай» аэропорда аан дойдутааҕы рейстэри ыларга бэлэм», — диэн аэропорт пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Экспертэр иһитиннэрбиттэринэн, сөмөлүөттэр Арассыыйа атын пууннарыгар көтүөхтэрэ. Наадалаах санитарнай- эпидемиологическай ирдэбиллэр тутуһуллалларын учуоттуохтара.
Кыраныысса сабыллыан иннинэ Дьокуускай аэропорда Кытай, Соҕуруу Корея, Япония, Узбекистан, Таиланд уонна Вьетнам рейстэрин түһэрэрэ.
This post was published on 14.02.2022 19:01 19:01