22 Сэтинньи 22.11
  • -24°
  • $ 100,68
  • 106,08

Дьокуускай 5 №-дээх оскуолатыгар үөрэх сөргүтүлүннэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Дьокуускай куорат 5 №-дээх оскуолатыгар үөрэх процеһа сөргүтүлүннэ.  Бу сарсыарда оскуолаҕа дэлби тэптэрии былааннанарын туһунан иһитиннэрии киирбитин кэннэ полиция үлэһиттэрэ бэрэбиэркэлээн куттал суоҕун быһаардылар. Бу туһунан СИА-ҕа оскуола дириэктэрэ Алексей Семенов иһитиннэрдэ.

«Оскуола территориятын бэрэбиэркэлээн бүттүлэр. Барыта үчүгэй. Билигин бастакы смена дистанционнай формаҕа үөрэнэр, иккис сменалар оскуолаҕа кэлэн үөрэниэхтэрэ», — диэтэ Алексей Семенов.

Санатан эттэххэ, күн бүгүн сарсыарда Дьокуускай куорат 5 №-дээх оскуола дьиэтин дэлби тэптэрэри былаанныылларын туһунан иһитиннэрии киирбитэ. Анонимнай сигнал оскуола электроннай почтатыгар киирбит.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА