Дьокуускай 31№-дээх оскуолатын самалык дьиэтэ үлэҕэ киирдэ

Дьокуускай 31№-дээх оскуолатыгар үс этээстээх самалык дьиэ тутуллан үлэҕэ киирдэ. 10-11 кылаас үөрэнээччилэригэр анаммыт 315 миэстэлээх саҥа корпус «Үөрэхтээһин» национальнай бырайыак көмөтүнэн тутулунна.   


4276,82 кв миэтэрэ иэннээх дьиэ тутуута 2019 сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр саҕаламмыт.

«31–с оскуола Дьокуускайга оҕотун ахсаанынан биир саамай улахан үөрэх тэрилтэтинэн буолар. Манна 72 кылааска икки тыһыынчаттан тахса оҕо үөрэнэр», — диэтэ Ил Дархан Айсен Николаев. 

Оскуола үөрэхтээһин аныгы ирдэбиллэригэр толору эппиэттэһэр. Манна информатика, химия, биология кабинеттара, логопед, психолог хосторо, 30 000 кинигэ хараллар ааҕар саалалаах бибилэтиэкэ, учууталлар хосторо, лаборантскайдар, тэйиччиттэн үөрэнэргэ видеостудия, спортивнай саала, тренерскэй бааллар. Маны таһынан ОБЖ кылааһын иһинэн пневматическай тир баар.

This post was published on 22.01.2021 15:01 15:01