Икки нэдиэлэ иһинэн Дьокуускай куорат 3№-дээх балыыһатыгар ковиды быһаарар амбулаторнай киин аһыллара былааннанар. Киин үлэлээтэҕинэ ыарыһахтар балыыһаҕа биир сырыы иһигэр КТ түһэн, ПЦР анаалыһын туттаран, бырааска эмп анатан барыахтара. Киин суукканы эргиччи үлэлиир буолуо. Бу туһунан балыыһа пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
КТ сэбиэдиссэйэ Радислав Гатилов этэринэн ыарыһаҕы эмтээһин алгоритма уларыйыа. «Ыарыһах КТ ааспытын кэннэ миэстэтигэр боруоба ылан быраас тута эмп аныыр буолуо. Маныаха балыыһа бэйэ КТлааҕа, диагностика лабораториялааҕа толору кыаҕы биэрэр», — диир сэбиэдиссэй.
Амбулатория киинэ Роспотребнадзор ирдэбилин толору тутуһан аһыллар, «ыраас», «кирдээх» зоналарга арахсар. Суукканы эргиччи симиэнэнэн 24 үлэһит үлэлиэ.
This post was published on 20.11.2020 15:01 15:01