Мэҥэ Хаҥалас Аллараа Бэстээҕэр ааспыт ый бүтэһигэр төгүрүк остуол буолла. Ил Түмэн дьокутааттара, уунан эргинэр урбаанньыттар уонна Мэҥэ Хаҥалас дьаһалтата өрөспүүбүлүкэни ыраас уунан хааччыйыы туһунан кэпсэттилэр.
Кэпсэтиини Ил Түмэн сир боппуруостарыгар, айылҕа ресурсатыгар уонна экологияҕа кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Прокопьев иилээн-саҕалаан ыытта. Мэҥэ Хаҥалас улууһун аҕа баһылыга Николай Старостин, Ил Түмэн дьиэ кэргэн, оҕо, ыччат дьыалаларыгар, физическэй култуураҕа уонна спортка кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Юрий Баишев, Мэҥэ Хаҥалас дьокутааттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкин, СӨ Айылҕатын харыстабылын миниистирэ Сахамин Афанасьев, СӨ ОДьКХ уонна энергетика миниистирин солбуйааччы Виталий Руфов, СӨ бырамыысыланнас уонна геология миниистирин солбуйааччы Никита Шепелев, Роспотребнадзортан санитарнай-хонтуруоллуур отдел салайааччыта Маргарита Корнилова уонна норуот дьокутааттара «Ыраас уу» бырайыак туһунан санааларын эттилэр. «Ыраас уу» бырайыак чэрчитинэн, 2012-2017 сылларга улуустарга ууну ыраастыыр дьиэлэр, уу ситимнэрэ, ууну хаайар скважиналар уонна да атын эбийиэктэр тутуллубуттар. Бу сылларга туруоруллубут былаан 100 быраһыан толоруллубут, көрүллүбүт үп барыта туһаныллыбыт диэн бэлиэтээтилэр.
СӨ Айылҕа харыстабылын миниистирэ Сахамин Афанасьев, 2017 сылга 4475 айылҕа, 1178 уу харыстабылларын хонтуруоллуур тэрээһиннэр ыытылыбыттарын, 280 айылҕа харыстабылын сокуонун кэһии тахсыбытын, 165 административнай дьыала тэриллибитин, 2 мөл 568 т.солкуобай ыстырааптан 1 мөл 497 т.солкуобай төлөммүтүн иһитиннэрдэ. «2017 сылга Өлүөнэ өрүскэ ньиэп тохтуута хаста да таҕыста. Хас биирдии быһылааҥҥа административнай дьыала тэриллибитэ уонна суукка ыытыллыбыта. Итинник түгэннэр тахсыбаттарын туһугар үлэ тиһиктээхтик ыытыллар», — диир Сахамин Миланович.
Оттон өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун ыраас иһэр уунан хааччыйыы туһунан, СӨ ОДьКХ уонна энергетика миниистирин солбуйааччы Виталий Руфов: «Дьокуускай куорат уутун ырааһырдар тиэхиньикэлэр уонна тутуулар ааспыт үйэ иккис аҥаарыгар тутуллубут буоланнар эргэлэр. Ити кыһалҕаны туоратар туһуттан, быйыл алтынньыга саҥа водозабор ыстаансыйата үлэҕэ киллэриллиэхтээх», — диэтэ.
Кирдээх уу кыһалҕата ордук Сунтаарга, Үөһээ Бүлүүгэ, Уус Алдаҥҥа уонна Чурапчыга сытыытык турарын Роспотребнадзор санитарнай-хонтуруоллуур отделын салайар Маргарита Корнилова иһитиннэрдэ. Нерюнгри оройуонун нэһилиэнньэтин улахан аҥаара ыраас уунан хааччыллыылааҕын бэлиэтээтэ. «Өлүөнэ өрүс киртийиитин биричиинэтинэн, өрүс түгэҕэр сытар бөх, тимирбит хараабыллар буолуохтарын сөп. Ыраас уунан хааччыллар туһугар, өрүспүт түгэҕин ыраастыах тустаахпыт», — диэн Маргарита Васильевна этии киллэрдэ.
Сир анныттан хостонор уу саппааһын уонна туһаныллыытын туһунан СӨ бырамыысыланнас уонна геология миниистирин солбуйааччы Никита Шепелев: «Бэлиэтэммит 136 сир аннынааҕы ыраас уу улахан аҥаара өрөспүүбүлүкэбитигэр киин уонна соҕуруу улуустарга баар. Күҥҥэ 2,5 тыһ. куб иһэр уу сир анныттан ылыллар», — диэтэ.
Кэпсэтии түмүгэр, өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун 87 эрэ быраһыана үчүгэй, ыраас уунан хааччыллыылаахтара быһаарылынна. Итиэннэ бу хайысхаҕа биһиги атын эрэгийиэннэртэн хаалан иһэрбитин көрдөрдө. Онон «Ыраас уу» судаарыстыбаннай бырагырааманы сайыннардахха эрэ кыһалҕа быһаарыллыаҕа диэн буолла. Тэрээһин кыттыылаахтара түмүккэ санааларын үллэһиннилэр, этиилэри киллэрдилэр. Онно быһаарыллыбытынан, 2018 сылга саҥа бырагыраама оҥоһуллара наада. Ол бырагыраамаҕа иһэр уонна туттар уу ырааһырарын туһугар туһуламмыт тэрээһиннэри, үлэлэри киллэрдилэр.
This post was published on 02.04.2018 15:30 15:30