Бүгүн “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр экология, сири туһаныы, тыа хаһаайыстыбатын, Арктика түөлбэтин, ОДьКХ уонна энергетика боппуруостара” диэн тиэмэҕэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин муниципальнай тэриллиилэрин бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарын иккис сийиэһин кыттыылаахтара сүрдээх көхтөөхтүк кэпсэттилэр.
Үгүс ыйытыыны дьокутааттар салайааччыларга биэрдилэр, туруорустулар. Ордук Мэҥэ Хаҥалас, Амма, Таатта, Бүлүү, Алдан, Ньурба уо.д.а. улуустар дьокутааттара кытыннылар. Микрофоҥҥа, бэл, уочарат үөскүү сырытта. “Быыбардааччыларбыт туруорсаллар” – диэнтэн саҕаланна кинилэр этиилэрэ. Зоя Захарова (Мэҥэ Хаҥалас, Баатара) чааһынайдарга уонна тэриллиилээх хаһаайыстыбаларга диэн араарбакка үүт харчытын 100 солк. гыныахха диэн этии киллэрдэ. Нэһилиэк сорҕото киин ситимтэн ититиигэ холбонон, аҥара оһох оттон олорор буолан, сылааһынан хааччыйыы боппуруоһугар хаһан былааҥҥа туралларын туруоруста. Онуоха СӨ ОДьКХ уонна энергетикаҕа миниистирэ Вячеслав Емельянов бастаан хочуолунай кыамтатын көрүөхпүт диэн быһаарда. Эмиэ Мэҥэ Хаҥалас Төҥүлүтүттэн Е.Громова сүөһү иитиитинэн дьарыктанааччыларга ходуһа сирин күрүөлүүргэ харчы көрүллүүтүн туоһуласта. Быйыл “Сүөһү аһылыгын бэлэмнээһин” бырагырааманан 170 мөл солк. күрүөнү тутууга бэриллэрин туһунан тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласов эттэ.
Кэбээйи улууһун Ламыҥха нэһилиэгиттэн А.Кривошапкина Сэбээн Күөл сэлиэнньэтин 30 тахса сыл турбут кыһалҕатын этиннэ. Кини бу нэһилиэги Арктика улуустарыгар тэҥнииргэ этии киллэрдэ. Уустук суоллаах-иистээх нэһилиэк олохтоохторо айаҥҥа кыһалҕаны көрсүбүттэр, бэл, вездеход тиэхиньикэлэрэ суох эрэйдэммиттэр. Ламыҥхалар кыһалҕаларыгар өрөспүүбүлүкэ Ил Түмэнин дьокутаата Елена Голомарева парламеҥҥа оробуочай хамыыһыйаны тэрийэн, онно киллэттэрэр үлэни уталыппакка саҕалыыр сөптөөх буолуоҕун эттэ.
Хонууттан 12 км туора сытар Индигир нэһилиэгэ улуус киинигэр “Якутоптторг” тиэрдэр бородууктатын бу нэһилиэккэ диэн аадырыстаан ыыталларыгар көрдөстө. Уонна суолун-ииһин хааччыйыыны “Арктика суоллара” тэрилтэҕэ сыһыарарга туруоруста.
Үс дьоруойдаах Хаптаҕай нэһилиэгэ нэһилиэнньэтин ахсаанынан даҕаны кырата суох нэһилиэктэргэ киирсэр. Сайдыы суола барыта Хаптаҕайынан ааһар эрээри 1974 с. тутуллубут оскуолалаах, кулууба суох олороллорун туһунан Анастасия Кривошапкина туруорсар. Дьокутааттар итинник үгүс баар кыһалҕалары ыйдылар, ону туоратыыга санааларын үллэһиннилэр. “Төгүрүк остуол” түмүгүнэн сүбэ ылылынна.
Кинилэр этиилэрин РФ Федеральнай Мунньаҕын Судаарыстыбаннай Дуума дьокутаата Галина Данчикова, Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков, норуот дьокутааттара: “Төгүрүк остуолу” салайбыт Сахамин Афанасьев, Андрей Находкин, Елена Голомарева , өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын бэрэссээтэлин солбуйааччы Михаил Никифоров болҕомтолоохтук истэн, дьоһун суолталаах быһаарыылары ылыналларыгар туһаныахтара.
Галина Данчикова федеральнай таһымҥа уларытыылары киллэрэргэ кыаҕым тиийэринэн үлэлээтим диэтэ. Үгүс дьокутааты долгутар уонна мунаардар да курдук, “О побочных продуктах животноводства и о внесении изменений в отдельные законодательные акты РФ” Федеральнай Сокуоҥҥа тохтоон, маны дьаалатынан ыыппакка, мунаах боппуруос курдук оҥорбокко, үчүгэйдик ааҕыҥ диэн сүбэлээтэ.
Источник: Саха сирэй сайт, ааптар: Женни Стрюкова
This post was published on 29.03.2023 12:01 12:01