Дойдуга страховой биэнсийэ 16,4 тыһыынча солкуобайга диэри үрдүөн сөп

РФ биэнсийэ пуондата 2020 сылга үлэлээбэт кырдьаҕастарга страховой биэнсийэ 16,4 тыһыынча солкуобайга диэри үрдүөн сөп диэн иһитиннэрдэ. Бу туһунан ТАСС суруйар.


«Кырдьан биэнсийэҕэ тахсыбыт үлэлээбэт дьоҥҥо страховой биэнсийэ 2020 сылга — 16,4 тыһыынча солкуобай, 2022 сылга 18,3 тыһыынчаҕа диэри үрдүө диэн сабаҕалыыбыт», — диэн алтынньы 10 күнүгэр Биэнсийэ пуондатын баһылыга Антон Дроздов Cудаарыстыбаннай дума социальнай бэлиитикэ уонна бэтэрээннэр дьыалаларын кэмитиэтин мунньаҕар иһитиннэрбит.

This post was published on 11.10.2019 16:24 16:24