РФ биэнсийэ пуондата 2020 сылга үлэлээбэт кырдьаҕастарга страховой биэнсийэ 16,4 тыһыынча солкуобайга диэри үрдүөн сөп диэн иһитиннэрдэ. Бу туһунан ТАСС суруйар.
«Кырдьан биэнсийэҕэ тахсыбыт үлэлээбэт дьоҥҥо страховой биэнсийэ 2020 сылга — 16,4 тыһыынча солкуобай, 2022 сылга 18,3 тыһыынчаҕа диэри үрдүө диэн сабаҕалыыбыт», — диэн алтынньы 10 күнүгэр Биэнсийэ пуондатын баһылыга Антон Дроздов Cудаарыстыбаннай дума социальнай бэлиитикэ уонна бэтэрээннэр дьыалаларын кэмитиэтин мунньаҕар иһитиннэрбит.
This post was published on 11.10.2019 16:24 16:24