Өрөспүүбүлүкэ үөрэҕин тэрилтэлэригэр үөрэх дьыла саҕаланыаҕыттан 2500 киһи коронавируһунан ыалдьыбыта бэлиэтэннэ. Бу туһунан бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников улуустары кытары ВКС кэмигэр иһитиннэрдэ.
Мунньахха кыттыбыт Роспотребназдор салайааччытын солбуйааччы Наталья Борисова үөрэх дьыла саҕаланыаҕыттан барыта 2760 киһи ыалдьыбытын иһитиннэрдэ. Итинтэн 1281 – үөрэнээччи, 1479 – үлэһиттэр. Ыарыы 512 үөрэх тэрилтэтин хаарыйбыт.
Барыта 269 оскуолаттан иһитиннэрии киирбит, ити өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын 41% . «948 үөрэнээччи, 755 үлэһит ыалдьыбыта биллэр. Оҕо саадтарыгар 829 ыарыы бэлиэтэммититтэн, 165 – оҕо, 664 – үлэһит. 109 киһи сузтарга ыалдьыбытыттан, 73-һэ устудьуон, 34 үлэһит. Үрдүк үөрэх тэрилтэлэригэр – ХИФУга 95 устудьуон, 24 үлэһит ыалдьыбыт», — диэтэ Наталья Борисова.
Сергей Местников иһитиннэрбитинэн бүгүн өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын 47% уруккулуу, 43% буккуйа үөрэнэллэр. Вице-премьер уруккулуу үөрэххэ билигин көһөр эрдэтин эттэ. Ол эрэн кини оскуолаҕа баран үөрэнэри хааччыйар наадатын эттэ. «Харантыын, кэтэхтэн үөрэнии ыарыы тарҕаныытын аҕыйаппат. Уһун сынньалаҥ кэмигэр ыалдьааччы ахсаана билиҥҥитин курдук этэ», — диэтэ кини. Ыарыыны бохсор туһуттан санитарнай-эпидемиологическай ирдэбиллэри булгуччу толорор наадалааҕын тоһоҕолоото. Кини дойду үөрэххэ министиэристибэтэ үөрэх дьылын иккис аҥарыгар пандемия кэмигэр үлэлиири тобуларын, сотору үөрэх хайдах быһыылаахтык тэриллэрин иһитиннэриэн эттэ.
This post was published on 01.12.2020 13:01 13:01