Дойду үрдүнэн быыбардааччы 60%-на куоластаата

Киин быыбардыыр хамыыһыйа (ЦИК) бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Николай Булаев иһитиннэрбитинэн, Москва бириэмэтинэн 18:00 чааска (Дьокуускай бириэмэтинэн түүн 12 чааска) Арассыыйа үрдүнэн 59,59% быыбардааччы кэлэн куоластаабыт.


Киин быыбардыыр хамыыһыйа сайтыгар хас чаас аайы төһө киһи кэлэн куоластаабытын суһаллык таһааран иһэллэр. Уһук Илиҥҥэ куоластааһын бүппүтэ хас да чаас буолла. Калининградскай уобаласка бүтэһик учаастак Москва бириэмэтинэн киэһэ 9 чааска сабыллыаҕа, ол кэнниттэн барыллаан түмүк тахсыаҕа.

Быйыл аан бастаан “Мобильный избиратель” диэн саҥа систиэмэ киирбитэ. Бу систиэмэнэн 5,7 мөлүйүөн кэриҥэ киһи туһаммыт. Кинилэртэн балтараа мөлүйүөн киһи “Госуслуги” портал, 3 мөл. 120 тыһыынча киһи быыбардыыр хамыыһыйалар, мөлүйүөҥҥэ тиийбэт киһи Элбэх өҥөнү оҥорор кииннэр (МФЦ) нөҥүө сайабылыанньа биэрбит. Кинилэр быыбар күнүгэр бэйэлэрэ сыһыарыллыбыт учаастактарыттан атын сиргэ сылдьар буоллахтарына, эрдэттэн сайабылыанньа биэрэн, талбыт учаастактарыгар куоластыыр бырааптарын туһаммыттар.

01:57 чаастааҕы таһаарыы

This post was published on 19.03.2018 07:01 07:01