Бүгүн, олунньу 21 күнүгэр, Саха сирин бириэмэтинэн, киэһэ 6 чааска Российскай Федерация президенэ Владимир Владимирович Путин Федеральнай мунньахха туһаайыытын истиэхпит. Госдуума этэринэн, дойду баһылыгын Этиитигэр анал байыаннай дьаһал уонна социальнай өйөбүллэр тустарынан баар буолуоҕа. Экономика уонна куттала суох олох туһунан этиллэрэ эмиэ чуолкай. Сыллааҕы торум, инники тосхол хайдах салаллан барыахтааҕын истээри күүтэбит, туохха болҕомто ууруохха сөбүн ырытыһабыт, кэпсэтэбит.
Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев Туһаайыытын ахсынньы 19 күнүгэр истибиппит. Кини аспытын-үөлбүтүн бэйэбит оҥорон таһаарыахтаахпытын, доруобай, куттала суох аска болҕомто күүскэ ууруллуохтааҕын өссө биирдэ тоһоҕолоон бэлиэтээбитэ- тыа сирин олохтооҕор, тыа сирин хаһаайыстыбатын эйгэтигэр үлэлиир дьоҥҥо өссө улахан улахан соругу туруорбута. Тоҕо диэтэххэ, хаачыстыбалаах, доруобуйаҕа куттала суох бэйэ аһа тыа сиригэр оҥоруллар тахсара чуолкай. Айсен Николаев түргэнник ситэр салааҕа бырайыактарда бэлэмнээҥ диэн туһааннаах биэдэмистибэлэргэ сорудахтаабыта.
Тустаах министиэристибэлэр бу хайысхаҕа ыытыллар соруктары өссө чопчулаан, сааһылаан биэрэн, бырагыраамалар туолууларыгар үлэлииллэр.
«Эбээн Бытантай улууһун «Бытантай уоттара» хаһыат хоту сиргэ түргэнник ситэр салаа сайдарын туһунан СИА-ҕа кэпсээтэ.
Дьарҕаалаах нэһилиэгин эдэр ыала Матрена, Николай Баишевтар ынах сүөһү иитиитинэн дьарыктаналларын таһынан, куурусса, хоруолук ииттэллэр. Үлэни өрө туппут тыа ыалын хаһаайыстыбатыгар 23 төбө куурусса, түөрт хоруолук баар.
“Кууруссаны дьиэ кэргэн экономикатын өйүүр бырагырааманан ылбыппыт, уотурбатын анаан сакаастыыбыт, ыам ыйыттан саҕалаан сымыыттыахтаахтар. Бэйэм кууруссам 13, онтон 10-ну дьон киэнин көрөбүн. Онтон хоруолуктары биир дойдулаахтарбытыттан Ия Ковалеваттан уонна Василий Старостинтан ылбыппыт. Ити хаартыскаҕа баар хоруолук оҕолорун дьиэҕэ аҕалан улаатыннарабыт уонна кууруссаны ыалдьаары гыммытын эмиэ дьиэҕэ эмтиибит. Онон дьиэбит иһэ «зоопарк”,” – диэн эдэр ийэ Матрена күлэр.
Эбээн-Бытантай улууһугар дьону өйүүр сыалтан олохтоох дьаһалталар түргэнник ситэр салаа көтөрдөрүн, кыылларын сайаапкалаан аҕалтарар буолбуттара, көдьүүстээҕин көрдөрдө. Сыллата куурусса, сибиинньэ ииттиэн баҕалаах дьон элбээн иһэрэ үөрдэр.