Дьоҕус тылдьыт болҕомтону тарта (ВИДЕО)

«Арассыыйа — мин устуоруйам» историческай пааркаҕа Олоҥхо күнүгэр анаммыт «Саха сиригэр оҥоһуллубут» («Сделано в Якутии») диэн олохтоох оҥорон таһаарааччылар дьаарбаҥка-быыстапкаларыгар үгүс киһи бэйэтэ оҥорон таһаарбыт бородууксуйатын, сувенирын, таҥаһын, кинигэтин дьон дьүүлүгэр таһаарда.

«Сахалыы ыраастык саҥарыах» диэн тылдьыт ааптара Виктор Стручков-Дуулаҕа Дьуһаал бэйэтэ бэчээккэ бэлэмнээн таһаарбыт дьоҕус кинигэтин маннык билиһиннэрдэ:

— Саха дьоно бэйэ-бэйэбитин кытта бодоруһар тылбыт  үксэ нууччалыы тыл эбиликтээх. Онон мин ийэ тылбытын сүрдээҕин да «илиһиннэрбит» эбиппит, хайдах эрэ сахалыы салаҥнык  кэпсэтэр буоллубут дуу диэн  бэркиһээн да, сонньуйан да, идэбинэн саха тылын учуутала буоларым быһыытынан,  күннээҕи алтыһар тылбыт тылдьытын  оҥорорго санаммытым.

Холобур,  «уже», «конечно» курдук нууччалыы тыллары өрүү туттарбытын ким мэлдьэһиэй? Бу тылдьыкка 1500 тыл киирдэ. Кэлин өссө да эбэн иһиэм.

Табыгастаах буоллун диэн, алпаабыт кэрискэтинэн оҥордум. Кырдьык, сиэпкэ уктан илдьэ сылдьарга дьоҕус кинигэ күннэтэ туттарга олус табыгастаах эбит. Онон бу тылдьыты быыстапкаҕа кэлбит дьон бэркэ кэрэхсээтэ.

Хаартыскаҕа, видеоҕа ааптар түһэриитэ уонна устуута.

Источник: © sakha-sire.ru сайт

This post was published on 28.11.2022 13:25 13:25