Дьоҕус өрүстэргэ халаан уута уустуктардаах ааһар куттала баар

Фото: Андрей Сорокин, ЯСИА

Саха сиригэр киин уонна илин эҥэр улуустарга элбэх хаар түһэн, дьоҕус өрүстэргэ халаан уута уустуктардаах ааһыан сөп. Хайдах да түгэҥҥэ өрөспүүбүлүкэ бэлэм буолуохтаах. Ол туһунан Айсен Николаев муус устар 1 күнүгэр телевидениенан кэпсээтэ, суруйар ЯСИА.

Айсен Николаев Саха сирин территорията киэҥинэн, улахан өрүстэргэ халаан уута этэҥҥэ аастаҕына даҕаны, аны дьоҕус өрүстэр хааларыттан тахсыахтарын сөп.

«Быйыл халаан уутун куттала суох аһардыыга федеральнайдааҕы уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи бюджеттартан 200 мөл солк көрүлүннэ. Үлэ, бэлэмнэнии былаан быһыытынан барар. Дмитрий Садовников, бу хайысханы курируйдуур, кини Өлүөхүмэ, Ленскэй оройуоннарыгар сырытта, Лена эбэҕэ үлэ барыытын хонтуруоллуур. Мин Халымаҕа сырыттым, муус ааһыытынан мунньахтаатым, манна эмиэ сэрэхтээх өрүс баар. Быйыл хаар түһүүтэ нуорманы таһынан, Нерюнгри уонна Алдан оройуоттарыгар үрдүк, икки сыллааҕы хаар нуормата түстэ, киин уонна илин эҥэр улуустарга эмиэ нуорманы куоһарыы баар», — диэтэ Ил Дархан.

Кини этэринэн, дьоҕус өрүстэр долгуталлар, гидротехническай тэриллэр бэрэбиэркэлэрэ барар, туһааннаах сулууспалар бэлэмнэнэллэр.

Баһылык эппитинэн, киин уонна илин эҥэр улуустарыгар дьоҕус эбэлэргэ халаан уута уустуктардаах ааһыан сөп. «Улахан эбэлэр муустарын халыҥа нуормаҕа чугас, сорох сиринэн чараас. Онон улахан харыылар тахсыыларыттан босхолонуохпутун сөп. Быһаарар ыйынан муус устар буолуоҕа. Хайдах да түгэҥҥэ биһиги бэлэм буолуохтаахпыт», — диэтэл Айсен Николаев.

This post was published on 03.04.2023 17:32 17:32