Үөһээ Бүлүү улууһун олохтооҕо Ильза Михайлова өрүс тааһын, кумаҕы дьоҕус бытыылкаҕа кутан сувенир оҥорор. Ону тэҥэ айылҕа кэрэ көстүүтүн бэйэтэ түһэрбит хаартыскатыгар тааһы, кумаҕы сыһыаран, өйдөбүнньүк бэлэҕи айан-тутан таһаарар.
«Тарбаҕар талааннаах, күннээҕи олох кэрэтин таба көрөр дьоҕурдаах Ильза Михайловаҕа ситиһиини, баҕа санаа туолуутун баҕарабыт», — диэн суруйда СИА-ҕа Екатерина Николаева, «Мой бизнес» Үөһээ Бүлүүтээҕи салаатын сэбиэдиссэйэ.
Ураты дьарыктаах Ильза айар үлэ умсулҕанын туһунан үллэһиннэ.
— Ильза, бэйэҥ тускунан сиһилии билиһиннэриэҥ дуо?
— Мин Үөһээ Бүлүү нэһилиэгэр Ильиннэр дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтүм. Дьоллоох оҕо сааһым, оскуолатааҕы кэмим төрөөбүт дойдубар ааспыта. Оскуола кэннэ культуролог идэтин баһылаабытым. Билигин дойдубар уот ситимин тэрилтэтигэр үлэлиибин. Икки оҕолоохпун.
— Урбаанньыт буоларга хайдах быһаарыммыккыный?
— Илиинэн айан-тутан оҥорорбун олус сөбүлүүбүн. Ону тэҥэ хаартыскаҕа түһэрэбин. «Көмүс түгэни» объективпар хатаатахпына олус астынабын. Дьарыкпын хобби оҥостон 2021 сыллаахха диэри сылдьыбытым. Бэйэ дьарыгын тэринии туһунан эрдэ саныыр этим, ол эрэн тэрилтэҕэ үлэлиир кэммэр кыаллыа суоҕа диэн ылсыбатаҕым. Онтон дьон-сэргэ сувенирбын, хаартыскабын сэҥээрэрин көрөн, киэҥ эйгэҕэ таһаарар инниттэн биисинэс тэринэргэ санаммытым. Саҥа саҕалааһыммар сүбэлээбит-амалаабыт, ыйан-кэрдэн биэрбит киһинэн Үөһээ Бүлүүтээҕи «Мой бизнес» тэрилтэ салайааччыта Екатерина Николаева буолар. Ол курдук, саҥа саҕалааһын ымпыгын-чымпыгын билсэн, билигин дьиэбэр оҕолорбун кытта күҥҥэ хас да сувениры оҥорон, анал хааҕа уган, улуус иһигэр эрэ буолбакка, тас дойдуга кытта ыытабыт. Маны тэҥэ хаартыскаларбын тиһэн, анал техника көмөтүнэн хамсыыр оҥорон «тыыннаах» кинигэ таһаартарбытым. Быйыл ол хомуурунньугум ахсаанын элбэтэр былааннаахпын. «Фото-объектив» диэн холбоһук чилиэнэбин. Улуус уонна республика таһымнаах күрэхтэһиилэргэ үлэбин кытыннарабын.
— Хайа баҕар айар үлэ иэйииттэн кынаттанар. Эйиэхэ иэйии хайдах киирэрий?
— Бу оҕо сааспын кытта ыкса сибээстээх. Саас сыыртан сырылаан, хайыһардаан, сайынын Бүлүү өрүскэ дуоһуйа сөтүөлээн, кумахха оонньоон, балыктаан, кутаа оттон оҕо сааспыт бэрт дьоллоохтук ааспыта. Онон айылҕаҕа сырыттахпына ордук иэйиим киирэр. Киһи сөбүлүүр дьарыктаах буоллаҕына, ону айар-тутар кэмигэр саҥаттан саҥа идея, көрүү киирэн иһэр. Ол иэйии буоллаҕа. Киһи онтон дуоһуйар уонна сынньанар.
— Кими холобур оҥостоҕун?
— Холобур оҥостор дьонум ийэм, аҕам уонна убайым Евгений буолар. Төрөппүттэрим урбааҥҥа сыһыана суохтар, ол да буоллар өрүүтүн үлэ үөһүгэр сылдьаллар. Оҕуруоттарын бүөбэйдииллэр. Онтон убайым эмиэ бизнеһынан дьарыктанар. Сүрүн сүбэһитим кини буолар.
— Саҥа саҕалааччы урбаанньыт быһыытынан туох уустугу көрүстүҥ?
— Биисинэс эйгэтигэр саҥа үктэнним, үлэбин кытта дьүөрэлээн илдьэ сылдьабын. Бүгүҥҥү туругунан, улахан ыараханы көрсө иликпин. Бэйэ дьарыктаахтарга сөптөөх болҕомто ууруллар, көмө көрүллэр дии саныыбын.
— Инники былааныҥ?
— Инникитин бородууксуйам ахсаанын өссө хаҥатыахпын баҕарабын. Үгүс дьону-сэргэни кытта үлэлэһэн, өссө үрдүк таһымҥа тахсар баҕалаахпын. Биисинэс эриирдээх-мускуурдаах эйгэтигэр саҥа үктэммит кыргыттары кытта куруук билсэбит, бэйэ-бэйэбитигэр күүс-көмө буолабыт. Кинилэри кытта төрөөбүт улууспутугар илиинэн чочуллан тахсыбыт бородууксуйаны норуокка көрдөрөр, атыыга таһаарар быыстапкалыыр сири тэрийиэхпитин баҕарабыт.
This post was published on 28.06.2022 09:01 09:01