22 Ахсынньы 22.12
  • -34°
  • $ 102,34
  • 106,54

«Дьоҕурга» үөрэҕи, сынньалаҥы тэҥҥэ дьүөрэлииллэр

12:03, 14 июня 2016
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй баазатыгар бэс ыйын  саҥатыттан «Дьоҕур» сайыҥҥы оскуола үлэтэ саҕаламмыта. Манна улуустартан физика-математика хайысхатыгар — 68, гуманитарнайга – 20, биология-химия хайысхатыгар- 22 оҕо кэлэн дьарыктана сылдьаллар. Оҕолорго үөрэхтэрин сэргэ, сэргэх уонна туһалаах көрсүһүүлэр тэриллэллэр. Бу туһунан үөрэх кыһатыгар саха тылын уонна литературатын учууталынан үлэлиир Саргылаана Игнатьева иһитиннэрдэ.


«Үөһээ Бүлүүттэн кэлэ сылдьар суруналыыс Валерий Васильев-Муттуххай Бороҥ оҕолорго сэргэх көрсүһүүнү тэрийдэ. Кини ыҥырыытынан СӨ норуодунай артыыһа Зоя Багынанова ыалдьыттаата. Онтон норуот дьокутаата Марфа Филиппова Ил Түмэн пресс-сулууспатын хоһун көрсүһүүгэ анаан көҥүллээбитэ итиэннэ мустубут ыалдьыттарга үлэтин-хамнаһын туһунан сырдаппыта тэрээһини ситэрэн-хоторон биэрдэ. Оҕолор Зоя Петровна уонна Марфа Семеновна кэпсииллэрин болҕойон иһиттилэр, ыйытыылары биэрдилэр. Билиилэрин-көрүүлэрин хаҥатыммыттарыттан, биллэр-көстөр дьону кытта атах тэпсэн олорон сэһэргэспиттэриттэн улаханнык астыннылар», — диир Саргылаана Ивановна.

Бу күн Зоя Багынанова мустубут ыалдьыттарга анаан саха норуотун сүгүрүйэр ытык бэйиэтэ Варвара Потапова туһунан сырдаппыт, хоһооннорун долгуйа аахпыт. «Дьоҕурдар» оҕолоро сайыҥҥы сынньылаҥнара эргиччи туһалаҕын бэлиэтээбиттэр, учууталларыгар махтаммыттар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА