Мэҥэ Хаҥалас Чүүйэтигэр сүөһүнү иитэр комплекс харабылын хоһугар сэттэ эр киһи арыгылаан баран охсуспуттарын түмүгэр биир киһи олоҕо быстыбыт.
Силиэстийэ быһаарбытынан, былырыын күһүн Мэҥэ Хаҥалас Чүүйэтин олохтоохторо сүөһүнү иитэр комплекска мустаннар арыгылаабыттар. Арыгылыы олорон биир эр киһи утуйан хаалбыт. Ол утуйа сыттаҕына, биир киһи кини төлөппүөнүн ылаары гыммытыттан сылтаан бу дьон охсуһан турбуттар. Манна өссө биир киһи эбии кэлэн эмиэ охсуһууга кыттыспыт. Кырбаммыт, өйүн сүтэрбит доҕордорун ороҥҥо сытыарбыттар. Ол киһи сарсыныгар өйүгэр кэлбэккэ олоҕо быстыбыт.
Силиэстийэ быһаарбытынан, бу киһи кырбаныы түмүгэр ылбыт эчэйииттэн өлбүт.
Быһылааҥҥа кыттыбыттар буруйдарын биллимэтэхтэр. Өлбүт киһини атын дьон эрдэ кырбаабыттарын курдук эппиттэр. Суут экспертизата бу дьон киһи өлбүтүгэр буруйдаахтарын быһаарбыт.
Буруйданааччылар 4,5,6 сылга кытаахан режимнээх хаайыыга ууруллубуттар.
This post was published on 11.05.2016 10:38 10:38