Нерюнгри оройуонугар Донецкай народнай өрөспүүбүлүкэни күһэллэн тэскилээбит алта киһи кэллэ. Оҕолордоох икки ийэ. Кинилэр кэргэттэрэ манна үлэлииллэр, олороллор.
Боломуочуйалаах уоргаттар кэлбит ыаллар олохторун-дьаһахтарын оҥостоллоругар көмө ыыталлар. Биир оҕо оскуолаҕа үөрэнэр.
Волонтердар, Нерюнгри олохтоохторо кыһалҕаҕа кыһарыйтарбыт биир ыалга эминэн-томунан, оҕо аһынан, таҥаһынан көмөлөстүлэр, баһылык уонна бырабыыталыстыба пресс-сулууспата суруйда.
Хаартыска: Андрей Сорокин
This post was published on 04.03.2022 10:01 10:01