Саха дьоно бары ытыктыыр тутаах киһибит, өрөспүүбүлүкэбит сайдыытыгар сүдү кылаатын киллэрбит Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы бэрэсэдьиэнэ Михаил Ефимович Николаев күн сириттэн күрэммитэ барыбытыгар ыар сонун буолла, диэн Дмитрий Тихонов тус телеграм-ханаалыгар суруйар.
Куруутун норуотун инникитин туһугар ис сүрэҕиттэн этэн-тыынан, кыһаллан, үлэлээн-хамсаан олорбут Михаил Ефимович үйэтин тухары сайдыы иһин дьулуурдаахтык үтүмэн үлэни ыыппыта барыбытыгар үтүө холобур буолар.
Михаил Ефимович өйбүтүгэр-санаабытыгар дьону-сэргэни түмэ тардар, үлэни-хамнаһы сөптөөхтүк аттарар, инникини өтө көрөн сөптөөх, кэскиллээх тосхолу тутуһар, булгуруйбат күүстээх санаалаах, бигэ тыллаах салайааччы быһыытынан хас биирдиибит өйүгэр-санаатыгар хаалыаҕа.
Бу ыар сүтүкпүтүнэн ытыктабыллаах Михаил Ефимович дьиэ кэргэнигэр, чугас аймах-билэ дьонугар дириҥ кутурҕаммын тиэрдэбин.