Россияҕа дьон, үс уонунан сылларга көрсүбэтэх, көмүскэллэрин булаллар. Донбасс олохтоохторо эйэлээх олоҕу баҕараллар. Ол туһунан Мииринэй оройуонун баһылыгын бастакы солбуйааччыта Дмитрий Ширинскай эттэ, суруйар СИА.
«Россия састаабыгар кинилэр дьоһуннаахтык уонна көҥүллүк олоруохтара. Манна дьон көмүскэллээх буолар. Үс уонунан сылларга сэнэнэн олорбуттара. Толкуйдааҥ көрүҥ — сыалай көлүөнэ дьоно националистар урусхаллааһыннарыгар олорбуттара. Нацистар уонунан тыһыынча дьону суох оҥорбуттара, мөлүйүөнүнэн киһи эмиграциялаабыта. Донбасс олохтоохторо эйэлээх олоҕу баҕараллар!» — диэтэ Дмитрий Ширинскай.
Кини Мииринэй оройуона референдум ыытыллыытыгар көмөлөспүтүн эттэ. Ленскэйгэ, Удачнайга, Айхалга уонна Мииринэйгэ ЛНДР уобаластарыттан куотан кэлбиттэр куоластыылларыгар кыах бэриллибитэ.
This post was published on 28.09.2022 16:33 16:33