Дмитрий Садовников бэлиэтээбитинэн, ааспыт сылы кытта тэҥнээтэххэ чоҕу тиэйиигэ кыра хаалыы баар. Онон тиэмпэни түргэтэтэргэ этилиннэ.
«Хас биирдии күн күндү. Биһиэхэ 3–4 нэдиэлэ хаалла, өрүс суола баара. Атырдьах ыйын ортотуттан уу түһүө, тиэйии-таһыы уустуктаныа. Билигин бары сулууспалар күүһүрдүллүбүт тэтимнээх эрэһиимҥэ үлэлииллэр. Чох тиэйэр техниканы өрөмүөннээһиҥҥэ эбии харчы ыыттыбыт. Рейстары эбиигэ дуогабардастыбыт. Баазалар тохтоло суох үлэлииллэригэр этилиннэ», – диэтэ Садовников мунньах түмүгүнэн.
От ыйын 20 күнүттэн Арктика навигацията үлэлиир. Былаан 326,4 тыһ туонна, ол иһигэр Дьааҥы өрүскэ — 128,1 тыһ туонна, Индигирка — 48 тыһ туонна, Халыма — 84 тыһ туонна, Анаабырга — 38,2 тыһ туонна уонна Лаптевтар муораларынан — 28 тыһ туонна.
This post was published on 06.08.2025 16:31 16:31