Дмитрий Садовников: Нэһилиэктэргэ суоһуур ойуур уота хаалбата

Бүгүҥҥү күҥҥэ Саха сирин үрдүнэн нэһилиэктэргэ суоһуур ойуур уота хаалбата. Бу туһунан бастакы вице-премьер Дмитрий Садовников суһал ыстаап сарсыардааҥҥы иһитиннэриитигэр эттэ.  


«Нэһилиэктэргэ суоһуур ойуур уота билиҥҥитэ суох. Элбэх баһаардар Уус Маайа улууһугар бэлиэтэнэллэр. Ил Дархан соруйуутунан улууска үлэни тэрийэ айылҕа харыстабылын миниистирин солбуйааччы Яков Заровняев көтүө», — диэтэ Дмитрий Садовников.

Саха сирин үрдүнэн билигин  119 ойуур баһаара баар, итинтэн 38 умуруораллар. 17 уот бохсуллубут, 22 умуруоруллубут. Икки уот саҥа күөдьүйбүт. Баһаарга 3111 киһи, 496 тиэхиникэ үлэлиир.

This post was published on 19.08.2021 09:49 09:49