Дмитрий Попов Көс омуктар оонньууларын муҥутуур кыайыылааҕынан буолла

Чолпон-Атаҕа (Кыргызстан) ыытылла турар Көс омуктар норуоттар икки ардыларынааҕы оонньууларыгар Дмитрий Попов мас тардыһыыга муҥутуур кыайыылаах аатын ылла диэн uusaldan.ru инста-страница  иһитиннэрэр. Дмитрийы эҕэрдэлиибит! Аны сэтинньи ыйга Саха сиригэр ыытыллыахтаах аан дойду чөмпүйэнээтигэр ситиһиилэри баҕарабыт! 

This post was published on 05.09.2018 12:30 12:30