Тас дойдулар Арассыыйаҕа биллэрбит санкцияларын усулуобуйаларыгар, судаарыстыба улахан болҕомтону олохтоох оҥорон таһаарааччыларга уурар буолла. Онон билигин судаарыстыба олохтоох оҥорон таһаарааччылары өйүүр бырагыраамалара кэҥээн иһэр. Аҕыйах хонуктааҕыта бассаап ситиминэн «Миитэ бурдуга» диэн Саха сиригэр оҥоһуллубут бурдук туһунан сонун тилэри көттө. Бу бурдугу Мэҥэ Хаҥалас Петровкатыгар олорор Назаров Дмитрий Михайлович үүннэрэн дьоҥҥо-сэргэҕэ атыыга таһаарар.
Дмитрий Михайлович бурдугу 2012 сылтан үүннэрэр эрээри былырыын сир сынньатаары тохтобул ылбыт. «Биһиги дьиэ кэргэн бааһынай хаһаайыстыбалаахпыт: сүөһү, сылгы, сибиинньэ ииттинэбит. Бурдугу тус бэйэм көҕүлээһимминэн олордобун. Судаарыстыбыннай бырагыраамалар бурдугу 100 гектар сиргэ олордор эрэ буоллаххына өйүүбүт диэн усулуобуйалаахтар. Биһиги оччо элбэх сири көрөр-харайар кыахпыт суох буолан, көмөҕө тиксибэппит. Ол да буоллар, бу Саха сиригэр киһи сиир бурдугун оҥорон таһаарыы мин тус баҕа санаам буолан, үлэлэһэ сатыыбын. Манна диэн эттэххэ, бурдук олордор олус үлэлээх уонна сэлээркэ, бензин өттүнэн ночооттоох. Бааһынаҥ сымнаҕас буолан, тыраахтар элбэх сэлээркэни сиир. Саамай сүрүн үлэтэ бурдугу хомуйбуккун кэннэ саҕаланар. Манна биһиги урукку бурдук ньыһыйар миэлиҥсэ булан үлэлэттибит. Сэлиэһинэйгин маҥнай хаста да сууйан баран хаттаччы хатыар диэри күүтэҕин, ол кэннэ биирдэ мээккэлээн сиир бурдук оҥорон таһаараҕын«, — диэн Дмитрий Назаров кэпсиир.
Кини кэпсээнинэн, маннык бурдугу атыыга таһаарбыттара син ырааппыт эрээри, бу саҥардыы интернет нөҥүө реклама үчүгэйдик баран, дьон бөҕө эрийэн интэриэһиргээбиттэр. Атыыга хаалбыт ордук табаар олоччу бүппүт, икки нэдиэлэ курдугунан саҥа бурдук атыыга тахсыахтаах. Сэлиэһинэй бурдук суорда «приленскай» диэн, ирдэнэр бэрэбиэркэни олоччу ааһан, 1,5 кг ыйааһыннаах хааҕа атыыланар. «Сүрүн уратыбыт диэн, биһиги туох даҕаны эбии уоҕурдууну куппаппыт, онон этэргэ дылы, «экологически» ыраас бородууксуйа буолар. Элбэх киһи этэринэн киһи доруобуйатыгар бу сэлиэһинэй бурдук ордук туһалаах. Билигин Саха сиригэр киһи сиир бурдугун үүннэрэр киһи суоҕун кэриэтэ. Эдэрдэр бурдугу хайдах үүннэрэри да билбэттэр, мин бэйэм нэһилиэкпэр урут бурдукка үлэлии сылдьыбыт икки көмөлөһөөччүлээхпин, онтон атын дьарыктанар кыахтаах киһи суох. Бурдук үүннэриитэ туспа үлэни уонна көрүүнү эрэйэр,. Ити таһыттан эрэ көрдөххө ходуһаҕа мээнэ үүнэ турар курдуктар. Холобур, манна сииги куоттарбакка эрэ олордо охсуохтааххын, ити курдук ымпыга-чымпыга үлэлээри гыннахха, син, тахсан иһэр. Мин урут бурдук үүннэрэллэрин саҕана нэһилиэкпэр биригэдьиирдээбитим, ол иһин бу үлэни иһиттэн билэбин. Бүтэһик үүннэриибэр 7 га сиртэн 5 туонна курдук бурдугу ылбытым. Кэлии бурдугу толору хааччыйар кыахпыт суоҕа чахчы. Ол да буоллар, баҕалаах дьон олохтоох үүннэрии бурдугу боруобалыыр кыахтаныа этэ», — этэ диэн салгыы кэпсиир.
Мэҥэ Хаҥалас тыатын хаһаайыстыбатын управлениетын сүрүн экономиһа Светлана Дмитриева маннык комментарийдаата:
— Тас дойдуттан киирэр аһы толору хааччыйар кыахпыт суох дии саныыбын. Баҕар сайын үүт-арыы син тиийэ сыһыа эбитэ буолуо эрээри, кыһын оҥорон таһаарыы хас эмэ бүк түбүгү, үлэни, ороскуоту эрэйэр буолан, бородууксуйаҥ сыаната эмиэ үрдүүр, онон дьон кэлии арыыны, үүтү ыла сатыыллар. Ыараханын ааһан, атыыга да суох буолуон сөп. Оҕуруот аһа эмиэ сайыҥҥы өттүгэр тиийэ сыһара буолуо. Кэлиҥҥи сыл тыа хаһаайыстыбатын көрдөрүүтэ намтаата диэн билиэтиибин. Былааммытын син ситиһэбит эрээри, холобур, 2020 сыллаахха 8200 туонна үүтү туттарбыт буоллахпытына, ааспыт сыл 5292 туонна буолла. Хортуоппуйга былаан быһыытынан 5400 буолуохтааҕын 5139 туоннаны, оҕуруот аһыгар (хаппыыста, моркуоп, сүбүөкүлэ) былаан быһыытынан 2863, туттарыллыбыта 2915, бурдук 1550 былааннаммытыттан, туолбута — 1060.