Норуот тыйаатыра норуот уус-уран тылынан баайын бараммат барҕатын уйалаатар уйата буоларын быһыытынан норуот олоҕун устуоруйатын, иитиллэр эйгэтин көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тиэрдэр ытык иэстээх. Кэлиҥҥи кэмҥэ ыччат, оҕо дьоҥҥо уус-уран тылынан умсугуйууну, тыл амтанын амтаһыйыыны иҥэрэргэ туһуламмыт иитэр-үөрэтэр үлэ хабар эйгэтэ кыараатар кыараан, кыччаатар-кыччаан иһэрэ кистэл буолбатах. Дьэ бу түгэҥҥэ норуот тыйаатыра норуот олоҕор суолтата улаатар, эппиэтинэһэ хас эмит төгүл үрдүүр. Онон норуот тыйаатырын үлэтэ иилэнэн-саҕаланан, наарданан-сааһыланан үлэлииригэр репертуар боппуруоһун суолтата хаһааҥҥытааҕар даҕаны сытыырхайан турар кэмигэр олоробут. Манна өрөсүссүөрдэр түбүктээх, сыра-сылба баранар кыһамньылаах үлэлэрин сыаналаан, норуодунай тыйаатыр сайдыытыгар кинилэр суолталарын үрдэтэн норуот суруйааччыта, Алампа бириэмийэтин лауреата, драматург Миитэрэй Наумов – Дмитрий Федосеевич Наумов олус наадалаах, тоҕоостоох бырайыагы толкуйдаан өссө ону бэйэтэ үбүлээн “Өрөсүссүөрдэр күөн күрэстэрэ” диэн күрэх балаһыанньаланан, докумуоннанан (официально) 2019 сылтан ыытыллар.
Хааччахха түбэһэн 2020 сыллаахха буолбатаҕын аахпатахха, онтон ыла тохтоло суох ыытыллар. Бу хамсааһын туһатын, инникитин, кэскилин өйдөөн Семенов С.С. салайааччылаах Өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын дьиэтэ ыкса ылсан үлэлэһэр буолан өрөспүүбүлүкэ норуодунай кэлэктииптэри салайар Захаров Алексей Константинович салалтатынан бу бырайыагы киэҥ нэлэмэн Сахабыт сирин бары норуодунай тыйаатырдара билэллэр.
2019 уонна 2023 сылларга Дмитрий Федосеевич төрөөбүт дойдутугар Аммаҕа буолбут эбит буоллаҕына айанын, суолун-ииһин, ыытыллар сирин турар географическай балаһыанньатын, ыытар тэрилтэ – “Тускул” КК техническай даҕаны технологическай кыамтатын ааҕынан туран 2021, 2022, 2024 сылларга Хатаска ыытылынна.
Ол туһунан Дмитрий Федосеевичтыын сэһэргэһиим маннык буолла.
— “Өрөсүссүөрдэр күрэхтэрэ” норуот тыйаатырдарын үлэтигэр суолтата туохха сытарый?
— Норуодунай тыйаатыр баар сиригэр хаһан баҕарар тылга, сиэргэ-туомҥа, норуот, дойду устуоруйатыгар, бэйэ бэйэҕэ сыһыан үрдүк таһымнаах буолар. Ол аата театр баар сиригэр култуура сайдыыта баар, култуура сайдыыта баар буоллаҕына дьон олоҕун хаачыстыбата үрдээһинэ баар буолара чуолкай. Хатас тыйаатырын, “Тускул” КК туһунан этэр буоллахха бастатан туран кини сүрдээх көхтөөх, алтыһыыга аһаҕас, этэргэ дылы туругас-олоругас, толоругас уонна ситимнээх үлэлээх кэлэктиип. Бу кэлэктиип хайа да хайысхаҕа (үлэлиир хайысхалар элбэх) эйиэнэ-миэнэ диэбэккэ бииргэ сүбэлэһэн-амалаһан, бэйэ-бэйэни ситэрсэн биэрэн айаллар-дьайаллар. Мин суруйааччы, драматург быһыытынан табыллыбыт уопсастыбаннай үлэм – норуодунай театр сайдыытыгар-үүнүүтүгэр туһуламмыт “Өрөсүссүөрдэр күөн күрэстэрэ” (Битва режиссеров) киэҥ эйгэҕэ тахсыытыгар, дьоҥҥо-сэргэҕэ тиийэн биһирэбили ылыытыгар “Тускул” КК төһүү күүс буолар. “Өрөсүссүөрдэр күөн күрэстэрэ” сүрүн сыала – соруга, идеята аатыгар да баарын курдук өрөсүссүөргэ ананар, өссө чуолкайдаатахха көмө буолар. Манна Тускуллар аныгы үйэ технологиятын олох күүскэ баһылаабыттара эмиэ кырата суох оруолу ылар, ол курдук быһа эпиирдэр, видео, аудио уһуллуулар, афишалар, биллэриилэр, архив үлэтэ уо.д.а, атыннык эттэххэ үлэ киэҥ хабааннаахтык барар. Бу чааһыгар билигин салайан олорор Чепалов Валентин Азотовиһы бэлиэтээн ааһыахпын баҕарабын. Култуура эйгэтигэр бу курдук олох оргуйар тымырын тутан олорон технология өттүнэн күүстээх, куруутун хасыһан, үөрэтэн саҥаттан саҥаны, сонунтан сонуну оҥорор дьон баара хайҕаныан эрэ сөп. Мин ааптар быһыытынан айымньыларым көрөөччүгэ, ааҕааччыга араас ньыманан тиийэллэригэр үөрэбин уонна маннык дьону кытта алтыһыыттан дуоһуйууну ылабын. Ол курдук “Саллаат дьылҕата” диэн пьесам “саҥарар уонна көрдөрөр кинигэ” буолан тахсан соһутан даҕаны үөрдэн даҕаны турардаах, буолаары буолан хамсыкка хаайтаран олордохпутуна.
Онтон күрэхпитигэр төнүннэхпитинэ ханнык баҕарар күрэхтэр, күөн көрсүһүүлэр өрөсүссүөрү уонна кини салайар кэлэктиибин сайыннараллар, атын таһымҥа тахсарга кымньыылыыллар, бэйэлэрин көрдөрөллөр, атыттары көрөллөр. Бу күрэх өссө биир уратыта бары биир айымньыны оонньууллара буолар. Бастаан утаа көрөөччүлэргэ эрэ буолбакка оонньооччуларга даҕаны “эс, хайдах наар биири күнү быһа көрүөхпүнүй” диэччилэр аҕыйаҕа суохтар этэ. Онтон дьэ сыыйа иһирдьэ киирэн истэхтэрин аайы биир айымньыны атын атын өрөсүссүөр олох атыннык ылынан, атыннык тиэрдиэн сөбө, биир хартыынаны олох атыннык ойуулаан, дьүһүннээн, араас ньыманан күүһүрдэн, тэтимирдэн биэриэххэ сөбүн илэ чахчы тутан олорон көрөн санаалара уларыйбыта. Манна өссө биир баҕа санаам бу тэрээһини араас төрүөтүнэн театрын кыттыһыннарбатах да салайааччылар да кэлэн көрөн айар-тутар суолларыгар саҥа сонун тыыны, көрүүнү-истиини, билиини, сатабылы ылан баралларыгар буолар. “Өрөсүссүөрдэр күрэхтэрэ” дьиҥ чахчы көҕүлээһин да оҥорооччу-тутааччы да өттүттэн уопсастыбаннай көстүү – кылаан кыайыылааҕы үбүлээһин мин чааһынай хааһынабыттан, онтон көрөөччүгэ тиэрдии норуодунай театр артыыстара – норуот дьоно. Билигин театрдар салайааччылара — режиссердара бары даҕаны анал үрдүк үөрэхтээхтэр ону таһынан айар-тутар талааннаахтар, дьоҕурдаахтар уонна үлэлииргэ баҕалаахтар. Норуодунай театр артыыстара 100% норуот дьоно, үлэ-үөрэх кэнниттэн, киэһэ хойут кэлэн дьарыктаналлар, үөрэнэллэр. Өссө биир уратыта баҕа санаанан кэлэр дьону эн туох да диэн ыгар-түүрэр дуу, эбээһинэстиир кыаҕыҥ суох, манна икки өттүттэн үлэлииргэ баҕалаах буоллаххына эрэ үтүө түмүктэр тахсаллар, ол ордук өрөсүссүөргэ сыһыаннаах. Инньэ гынан үлэлииргэ баҕата суох буоллаххына дьоҥҥун хайдах уматыаххыный, хайдах арыйыаххыный, ис кыахтарын билиэххиний? Өссө төгүл чуолаан, чуолкайдаан этэр буоллахха норуот тыйаатырдарын өрөсүссүөрдэрин үлэлэрин уус-уран самодеятельноһы салайыы курдук санаабакка дириҥэтэн, кэҥэтэн, ырытан-ыраҥалаан сыаналыылларыгар анаммыт бырайыакпын өйдүүр-өйүүр дьоммор барыларыгар барҕа махтал.
— Быйылгы күрэх уратытын сэгэтэн ааһыаҥ дуо ?
— Быйылгыбыт уратыта диэн – моноспектакль буолар. Биллэрин курдук моноспектакль диэн оонньооччуга (артыыска) даҕаны оонньотооччуга даҕаны толорор маастарыстыба чыпчаала буолар. Моноспектакль диэбиппитигэр ким даҕаны аккаастаммакка саҥата суох бэлэмнэммитинэн барбыттара. Ол аата биһиги ыытар үлэбит мээнэҕэ буолбатах эбит, үүнүү-сайдыы баар эбит диэн санаа киирэр уонна онтон биллэн туран дуоһуйуу, астыныы салгына кэлэр. Үөрүөхпүт туһугар кэлбит испэктээктэр таһымнара үрдүк, сүрэҕи өрүкүтэр, дууһаны хамсатар түгэннэрдээх, толкуйдатар, долгутар… Биир соҕотох киһи испэктээк устата көрөөччүнү ытыһын иһигэр суулаан, айымньы долгунугар киллэрэрэ, дьон болҕомтотун тутара сатабылтан, талаантан, дьоҕуртан уонна сыаллаах-соруктаах үлэттэн тутулктаах. Манан сибээстээн бу бырайыак хара саҕаланыаҕыттан күн бүгүҥҥүгэ диэри биһигини бииргэ буолар СӨ култууратын үтүөлээх үлэһиттэригэр А.В.Титигировка, С.С.Адамоваҕа махталым муҥура суох.
Онтон дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ Александр Васильевич Титигиров санаатын билсэр буоллахха маннык:
– “Бу буолбут, буолан ааспыт күрэхтэри санаан, ыраҥалаан-ырытан ааһар буоллахха бастакы күрэспитигэр уонна бүгүҥҥү күрэспитигэр чыҥха атын хартыына, атын тыын, атын таһым. Сайдыы, дириҥээһин баара харахха быраҕыллар. Көрөөччү субу баарынан, баар туругунан ылынар эбит буоллаҕына биһиги анал үөрэхтээхтэр ону таһынан балаһыанньаҕа суруллубут ирдэбиллэри кытта өссө идэбит ирдэбилинэн көрөр боппуруостарбыт эмиэ бааллар. Киһи үөрэрэ диэн бу үөһээ этиллибиккэ барытыгар эппиэттэһэр үлэлэри көрдүбүт. Олус үчүгэй таба тайаныылар, сонун көрүүлэр бааллар. Хорсун, хотоойу санаалар көстөн ааһаллар. Онон мин биир бэйэм бу тэрээһиҥҥэ сыанабылы таһынан айар-тутар сибиэһэй салгынын астына эҕирийэбин. Биһиги тугу этэрбитин – тыынарбытын, үөрэтэрбитин олох субу тутан туран утаппыттыы ылыналларын көрөн ис сүрэхпиттэн үөрэбин уонна бу тэрээһинтэн кинилэр элбэх саҥа-сонун санааны, көрүүнү эбиммиттэрин олоххо киллэрэллэригэр эрэлим улахан.
Кылаан бирииһи ылбыт Валерий Никитич Лобанов өрөгөй түгэнин көрбүт эрэ барыта долгуйда, ис иһиттэн сылаастык ылынна, кинини кытта бииргэ долгуйда, тириттээ-хорутта.
— Валерий Никитич, дьэ эрэ өрөгөй түгэҥҥинэн эҕэрдэлиибин уонна кэпсээ-сэһэргээ, хайдах бэлэмнэнниҥ, туох санаалааххын, тугу кэтэспиккиний
— Мин бастатан туран билиҥҥи кэм сахатын санаатын, саха тыллааҕын-өстөөҕүн бэйэтин өркөн –өйүнэн, мындырынан, сатабылынан сүгүрүтэр үлэлэрдээх норуот суруйааччыта Миитэрэй Наумовка сүгүрүйүүбүн, махталбын тиэрдэбин. Билиҥҥи кэм сахата диэн чуолаан этэбин, тоҕо диэтэххэ хас биирдии кэм-кэрдии туспа тыыннаах, туспа геройдардаах. Тылбыт – өспүт олох хардыытынан уларыйар-тэлэрийэр, өйбүт-санаабыт биир оннук. Онон тыйаатырга үлэлэһэр дьон репертуар боппуруоһугар мунарбыт-тэнэрбит үгүс. Дьэ бу түгэҥҥэ мин кини хайдах курдук барҕа баай сахатын тылын бүөбэйдээн, таптаан туттарын, хайдах курдук мүөттээх тылларыгар суулаан даҕатан, таайтаран, таарыйан ааһан кэм кэрдии тыынын суруйарын син да билэр этим гынан баран моноспектакль диэн көрүҥҥэ саҥа ылсан баран ону өссө сытыытык, өссө чугастык ылынным биллим. Чиэһинэ билинэр буоллахха бастаан ыраахтан чуҥнаан кимнээх кэлэллэрин, бэлэмнэнэ сылдьалларын истэбин буоллаҕа дии. Иван Бушков, Алена Филиппова, эһиги Евдокия Семеноваҕыт уо.д.а. күүстээх дьон ылсыбыттарын биллим уонна… бастаан ээ, чэ барбат инибин дуу диэн санаатым. Ол эрээри хайдах туруоралларын, онтон туох тахсан кэлбитин билиэхпин баҕарарым биир оччо. Аны бэйэҥ билэҕин тыа сирин кулууптара хабар эйгэбит тыйаатыр эрэ буолбатах, нэһилиэк култуурунай эйгэтэ барыта биһиэнэ буоллаҕа. Чэ холобура ол түмүгэр мин манна кэлиэм иннигэр сценаҕа олох анаан бу айымньынан иккитэ эрэ тахсан баран кэллим. Онтон испэр буһарарым, бэлэмнэнэрим баар бөҕө буоллаҕа дии. Аны онно анал өрөсүссүөр үөрэҕэ суоҕум эмиэ оруолу оонньуура чуолкай, ол мөккүөр буолбатах. Ити курдук итинник туруктаах кэллим уонна дугдуруй да оҕус диэн өйдөбүлүнэн тугу кыайарбынан, өйдүүрбүнэн, бүүс бүтүннүү бэринэн оонньоотум. Кэтэспитим, сэрэйбитим курдук дьикти кэрэ, дириҥ, толкуйдатар, долгутар туруоруулар бааллар. Бу тэрээһин биир саамай туһалаах өрүтэ бу ааттаах-суоллаах, улахан дьоннор биһигини кытта биир остуолга олорон ырытан, сүбэлээн-кэпсээн биэриилэрэ эбит. Александр Васильевичтаах тугу этэллэрин-тыыналларын, сүбэлииллэрин-амалыылларын, ыйан-кэрдэн биэрэллэрин иһиттим, көрдүм. Дьэ кырдьык хас биирдии хамсаныыбытыгар тиийэ көрөн олорон ырыталлара бэрт бөҕө буоллаҕа. Бэйэбэр сыһыаннааҕы, туһалааҕы элбэҕи биллим-көрдүм, биллэн туран ол билиибин төһө кыайарбынан үлэбэр, олохпор туттуом.
Түмүк:
Кылаан бириис хаһаайына буолан Д.Ф.Наумов илиититтэн 100000 солкуобайы уу харчынан Амма улууһун Алтаннааҕы норуот тыйаатыра өрөсүссүөр Лобанов Валерий Никитич тутта.
“Көрөөччү биһирэбилин ылбыт туруоруу” анал аат- Хатастааҕы норуот тыйаатыра. Өрөсүссүөр Семенова Евдокия Ефимовна — испэктээк аата “Аҕам арчылаах алгыһа”.
“Кыайыыга дьулуур” анал аат – П.В. Толстяков аатынан Чөркөөхтөөҕү норуот тыйаатыра. “Сылабаар” диэн испэктээк, өрөсүссүөр Матрена Яковлева.
“Ураты көрүүлээх режиссер” анал аат – П.М. Решетников аатынан Чурапчытааҕы норуот театра. “Ахтылҕан”испэктээгинэн. Өрөсүссүөр Иван Бушков.
“Уотунан-күөһүнэн, муусуканан бастыҥ киэргэтии” анал аат- Нөмүгүтээҕи норуот театра испэктээк аата “Сайылыкка”. Өрөсүссүөр Алена Филиппова.
“Бастыҥ артыыс” анал аат – Василий Дорофеев (П.В. Толстяков аатынан Чөркөөхтөөҕү норуот тыйаатыра).
“Кэскиллээх артыыс” анал аат – Антон Фомин (П.М. Решетников аатынан Чурапчытааҕы норуот тыйаатыра.)
“Айылҕалаах артыыс” анал аат – Елена Филатова (П.В. Толстяков аатынан Чөркөөхтөөҕү норуот театра.)
“Туруктаах артыыс” анал аат – Сардаана Томская (Нөмүгүтээҕи норуот тыйаатыра)
“Дьон кутун тутар артыыс” анал аат – Геннадий Борисов (Нөмүгүтээҕи норуот тыйаатыра)
“Сүргэни көтөҕөр артыыс” анал аат – Валерий Лобанов (Алтаннааҕы норуот тыйаатыра)
“Кыайыыга дьулуурдаах артыыс” анал аат – Эрсан Саввин (Хатастааҕы норуот тыйаатыра)
“Көрөөччү биһирэбилин ылбыт артыыс” анал аат- Саргылана Григорьева (Хатастааҕы норуот тыйаатыра)
Кыайыылаахтарга спонсордары билиһиннэрэр буоллахха сүрүн бирииһи (Д.Ф.Наумов сүүс тыһыынча солкуобай) таһынан Хатастааҕы норуот тыйаатырын артыыстара, учууталлар учууталлара, Хатаска тыйаатыр эйгэтэ сайдарыгар тус кылааттаах Мокрощупова Валентина Константиновна сыдьааннара, уонна көстүүмнэри уларсар анал тэрилтэттэн 3000 солкуобайдаах бириис, “Тускул” КК аатыттан тэрээһиммит логотиба уруһуйдаах чааскы, уопут атастаһарга туһуламмыт “Хатастааҕы норуот тыйаатыр үлэтигэр норуот суруйааччыта Д.Ф.Наумов оруола” диэн кинигэ уонна эһиилги сылга туруохтаах “Самалык быыбар” испэктээк кинигэтэ оҥоһулуннулар. Онон этэргэ дылы быйылгы күрэх бүттэ аныгыскы күрэххэ бэлэмнэнии саҕаланна.
Н.Руфова. Хатас 2024
This post was published on 02.04.2024 13:01 13:01