Дмитрий Медведев регионнар салайааччыларын кытары көрүстэ

Россия Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Медведев Сочитааҕы инвестфорумҥа регионнар салайааччыларын кытары көрсүһүүтүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлэ Евгений Чекин сырытта.


Дмитрий Медведев маннык көрсүһүүлэр регионнар салайааччыларыгар дойду салалтатын кытары санаа атастаһалларыгар, элбэх боппуруоһу быһааралларыгар кыаҕы биэрэллэрин эттэ. Билигин дойду бүддьүөтэ, регионнар бүддьүөттэрэ үрдүү, бүддьүөт ороскуота аччыы турар да буоллар, иэс ноҕурууската суох буолбатах. Итини быһаарар инниттэн биһиги регионнарга бүддьүөт кирэдиитин биэрбиппит. Кэнники үс сылга ол уопсай кээмэйэ 1 трлн солк. буолла. Былырыын 73 регион кирэдииккэ иэһин сааһылаан, төлөбүр болдьоҕун сэттэ, сорохторго 12 сылга диэри уһапыппыт. Ол түмүгэр, иэһи бэрээдэктээһин көдьүүһэ 240 млрд солк буолла, ити регионнарга дьоһун саппаас диэтэ. Салгыы регионнар бүддьүөттэрин туруктаах оҥорорго былааннанар дьаһаллары билиһиннэрдэ. Федерация бүддьүөтүттэн трансферты тыырыы дьэҥкэ буоларын ситиһэр сыалтан, дойду салалта былырыын регионнар салалталарын кытары сөбүлэһии түһэрсэн, үс сыллаах субсидияны быһаарбыт. Инньэ гынан регионнар үптэрин эрэллээхтик былааннанар буолбуттар.

Федеральнай былаас үчүгэй көрдөрүүлээх регионнары көҕүлүүр, былырыын бастыҥнарга холбоон 20 млрд солк суумалаах грант бэриллибитэ. Быйыл тэрилтэлэр барыстарыттан киирэр нолуок үрдээһинэ регионнар бүддьүөттэригэр төннөрүллүөҕэ, онуоха федерация бүддьүөтүгэр 37 млрд солк көрүллүбүт. Бу харчы бииринэн, регионнар таһаарыылаах үлэлэрин бириэмийэлээһин буолар, иккиһинэн – федерацияттан дотация аччааһынын толуйар.

— Бэйэ кыаҕын үрдэтии, дотацияттан тэйэн иһии – барыбыт стратегическай сорукпут, – диэтэ дойду премьер-миниистирэ.

Кини этэринэн, бүддьүөт үбүн тыырыыга 2019 с. саҕалаан регион нолуогу киллэрэр таһыма уонна былаас олохтоох уорганнарын боломуочуйаларын үбүлээһин наадыйыыта учуоттаныахтаах. Ону таһынан, олохтоох, регионнааҕы уонна федеральнай боломуочуйалар куулайбыт кыһалҕалара быһаарыллыахтаах. – Эргэрбит, кэмнэрэ ааспыт нуормалартан аккаастаныахпыт, боломуочуйалары толоруу ирдэбиллэрин регионнар бэйэлэрэ олохтуохтара. Дойду үрдүнэн киллэриллэр быраабылаларга федеральнай киин да, регионнар да интэриэстэрэ аахсыллыаҕа, дьэ, онуоха эһиги этиилэргит наада.

Дмитрий Медведев салгыы федеральнай мандааттары анаалыстааһыны түргэтэтэргэ уонна ол түмүгүнэн сокуоҥҥа уларытыылары киллэрэргэ эттэ. Бүддьүөттэр икки ардыларынааҕы сыһыаны дойду 2025 сылга диэри сайдыытын стратегиятыгар ситимниир наадатын бэлиэтээтэ. Онуоха регионнар этиилэрэ наадатын ыйан, этиилэри экспертнай уонна уопсастыбаннай былаһааккаларга дьүүллэһэргэ сорудахтаата. Дойду сайдыытын стратегията оробуочай дөкүмүөн, былаас уорганнарыгар ыйынньык, бэлиитикэ араас салааларын координациялыыр инструмент быһыытынан дойду инфраструктуратын сайыннарыыны былаанныырга көмөлөһүөҕэ итиэннэ биллэн турар, инвестордарга ориентир буолуоҕа. Бэҕэһээ пленарнай мунньахха эппитим курдук, хас биирдии регион уратытын уонна ис кыахтарын ырытан, сайдыыга хардыылыыр тирэхтэрин чопчу быһаарар улахан суолталаах диэтэ. Дойду үрдүнэн кэлим сайдыы усулуобуйатын тэрийии наадатын санатта.

– Россияҕа биир тыһыынча кэриҥэ дьоҕус уонна орто куораттааҕы поселениялар бааллар, олорго 30 мөлүйүөн киһи олорор. Бу – култуура уонна история, туризм уонна промышленность кииннэрэ, тырааныспар тиһиктэрэ. Манан ыкса дьарыктанар наада. Тыа сиригэр үлэни-хамнаһы тэрийэргэ тоҕоостоох территориялар үгүстэр. Ити курдук, хас регион ахсын биирдии-иккилии тумус хайысхалары чорботуохха уонна ол тула күүһү түмэн үлэлиэххэ, – диэтэ Дмитрий Медведев көрсүһүүнү түмүктүүрүгэр.

This post was published on 19.02.2018 11:00 11:00